П.А. Ойуунускай үлэлэриттэн быhа тардыылары аа5ыҥ уонна талбыккытыгар эссетэ суруйуҥ.
“Саха олоҥхото элбэх үйэлээх, элбэх омук санааларын, олохторун,
олоҥхолорун түммүт, бэрт баай, бэрт күүстээх олоҥхо. (...) Ырыаҕа,
олоҥхоҕо саамай сыаналааҕа диэн баар — тылын күүһэ, дьүһүнүн
күүһэ, этиитин күүһэ. Историк, үөрэхтээх дьон ырыаттан, олоҥхоттон
сирдэтэн, урукку ааспыт олохтору үөрэтэллэр.
... Хайа да омук сайдарыгар, үрдээн-үүнэн тахсарыгар, ханна даҕаны,
кирилиэһин маҥнайгы үктэлэ буолара — норуот ырыата, норуот олоҥхото.
Саха олоҥхото киэҥ, дириҥ, тыла уус”.
Литература үспүкүлээннэрэ, 1930 с.
“Дьон үгүс өттө этэр этилэр саха тылынан киһи саныыр санаатын толору
кыайан эппэт, тылбыт дьадаҥыта бэрт диэн. Суруйар да дьоммут муҥатыйар
этилэр тылбыт тырымныыр күлүмэ, кырааската суох диэн.
Ол эрээри... хайа да омук ыанньыйбыт санаата кини тылынан түмүллэн
этиллибэккэ буолбат этэ. Онон саха да омук тылынан саныыр санаа
этиллибэт сокуона суох буолуо диирим. Былыргы олоҥхолор этэр
тыллара баайын, көстөр-иһиллэр дьүһүннэрэ үчүгэйин бары билэбит”.
“Кыһыл Ойуун” суруллубутун кэпсээнэ. 1922 с.
Эппиэккитин maria-poskachina@rambler.ru ыытыҥ.
Комментариев нет:
Отправить комментарий