III сорудах.

П.А. Ойуунускай ханнык айымнньыларыттан быhа тардыылар бэриллибиттэрий?
1. Сыалдьыйа бүтэй
Сырдаахтаан көстөр
Сыаналаах сылаас этигэр
Сытан сыламныам этэ диэммин,
Көһүтэригэр
Көхсө кыараабыта буолуо диэммин,
Кэтэһэригэр
Кэтэҕэ көһүйбүтэ буолуо диэммин,
Кэбэлийэн-кэбэлийэн
Кэллим эбээт...
2. Мин ытыам-ынчыктыам дуу? Үөрүөм-күлүөм дуу? Ытаатахпына-ынчыктаатахпына, ыалдьыбыт диэхтэрэ, күллэхпинэ-үөрдэхпинэ, иирбит диэхтэрэ.
3.  Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн эрэнэбин.
4.  Бары баар баттаммыт
Барыта тахсаннар,
Барабаан охсоннор
Баргыһан бардылар..
5.  Кээчик-кээчик Кэчиикэ,
Кэрэ, нарын Кэчиикэ!
Таптал уотун убатыах,
Татыйыгы ыллатыах...
6. Балкыырдаах байҕалым
Баалланарын курдук,
Большевик партия
Барҕаран таҕыста.
Эппиэттэргитин maria-poskachina@rambler.ru  ыыта5ыт.

Комментариев нет:

Отправить комментарий